27
Баллы
жюри
0
Баллы
читателей

Рождение Пульчинеллы

Григорий Кружков
Пульчинелла бу сиргэ кэлиитэ. («Неапольтан сылдьар аатырбыт Пульчинелла оло5о уонна муччургэннээх сырыылара» диэн кинигэттэн. Октава Фёйе остуоруйа-сэьэниттэн.)

Олорбута эбитэ уьу Неаполь куоракка Пульчи диэн ааттаах тыы оцорооччу. Кини кэргэнинээн 20 сыл бииргэ олорбуттар да о5олоро суох эбит. Пульчи кэргэнэ биирдэ дьыл5атын туьунан кэмсиммит. Онуоха кэргэнэ остуолу охсубут уонна хаьыытаабыт:
- Бу абааьы, хаьан баллыгыраан тохтууруй?
Ол кэмцэ орон анныттан суунэ улахан хара куоска ыстанан тахсан, ханна эрэ мэлийэн хаалбыт. Быыс быыьыттан уруц чыычаах кетен тахсаат туннугунэн элэс гыммыт. Онтон о5о оронун диэкиттэн дьикти хаьыы иьиллибит.
Пульчи кэргэнэ эрэйдээх биьиккэ чугаьаан кэлэн кербутэ уонна уеруутуттэн еле сыспыт.
- Кыраьыабай да уол о5о!- диэт учугэйкээн о5ону илиитигэр кете5ен ылбыт.
-Билигин керуехпут, - диэбит Пульчи. – Теннубут теруех ! Мин кинини билигин муора5а быра5ыам.
Онуоха о5о ийэтин илиититтэн теле туьэн, керуех бэтэрээ еттугэр ата5ар тура туспут. Онтон о5о кехсугэр охтон туьэн , сунньутугэр эргийбит. Ол кэнниттэн сирэйэ араастаан уларыйбыта.
- Ча5ылхан миэхэ тустун!- диэбит кэргэнигэр. Бу о5о – дьоло суох бекчегер о5о! Кинини абааьы бэйэтэ ыыппыт! Ол гынан баран кинилиин кердеех буолсу!
- Хара куоска, арааьа, абааьы буолуохтаах, - диэбит Пульчи кэргэнэ. – Онтон ити уруц кетеру тацара кыыьа ыыппыт. – Ол иьин биьиги уолчааммыт керуцэ бурэ, ол оннугар аанньаллыы санаалаах.
-Кинини Пульчинелла диэн ааттыахха, - диэбит Пульчи.
Комментарии
Вход и регистрация в Папмамбук
Зарегистрироваться на Папмамбук

Введите имя и адрес вашей электронной почты, на который мы вышлем ваш личный пароль