34
Баллы
жюри
0
Баллы
читателей

Пульчинелла кэлиитэ

Григорий Кружков
Рождение Пульчинеллы
(Из книги «Жизнь и удивительные приключения знаменитого синьора Пульчинеллы из Неаполя». По мотивам повести-сказки Октава Фёйе.)
Адаптировано

Жил в Неаполе лодочник по имени Пульчи. Они с женой были женаты уже двадцать лет, но детей у них не было. Однажды синьора Пульчи горько сетовала на судьбу. Ее муж ударил кулаком по столу и воскликнул:
- Дьявол! Угомонится ли эта болтунья?
И тут огромный черный кот выскочил из-под кровати и исчез. Из складок занавески вылетела белая птица и выпорхнула в окно. А из детской кроватки послышался странный крик.
Бедная синьора Пульчи приблизилась к колыбельке и чуть не умерла от радости.
- Какой красивый мальчик! – воскликнула она и взяла на руки чудесного младенца.
- Сейчас посмотрим, - сказал папаша Пульчи. – Ну и уродец! Я сейчас выброшу его в море.
Но малыш вывернулся из рук матери, скакнул и через мгновение уже твердо стоял на ногах. Потом он упал на спину и закрутился на своем горбу, как волчок. После стал делать уморительные рожи.
- Разрази меня гром! – сказал жене папаша Пульчи. – Этот малыш – несчастный горбун. Его послал нам сам дьявол. Но с ним весело!
- Черный кот, наверное, был дьяволом, - отвечала синьора Пульчи. – Но белую птицу послала сама Пресвятая Дева. – Поэтому наш сыночек уродлив, как дьявол. Но душа у него ангельская.
- Давай назовем его Пульчинеллой, - сказал на это папаша Пульчи.




Григорий Кружков

Пульчинелла кэлиитэ
(“Аатырбыт урдус Неаполлааҕы Пульчинелла олоҕо уонна дьикти сырыылара” кинигэттэн. Октава Фейе үһүйээн-остуоруйатынан)
Анаан оҥоһуллубутунан

Неапольга Пульчи диэн ааттаах тыыһыт олоро сылдьыбыт. Кини кэргэнинээн сүүрбэ сыл олорбуттар эрээри, ол тухары оҕолоро суох эбит. Биирдэ Пульчи хотун олорбут олоҕун сулана олорбут. Онуоха кэргэнэ остуолу сутуруктаан баран хаһыытаан бытарыппыт:
– Түксүө! Баллыгырыыргын хаһан ууратаҕын?
Ити икки ардыгар сүүнэ үлүгэр хара куоска орон анныттан ойон тахсыбыт уонна ханна эрэ сүтэн хаалбыт. Түннүк сабыытын быыһыттан үрүҥ чыычаах көтөн тахсан түннүгүнэн тырып гынан хаалар. Ол кэннэ оҕо оронун диэкиттэн наһаа дьикти хаһыы иһиллибит.
Пульчи хотун эрэйдээх ол ороҥҥо чугаһаан кэлбит уонна үөрүүтүттэн өйүн сүтэрэ сыспыт.
– Наһаа да үчүгэй уолчаан! – хотун омуннаахтык өмүрэн баран, оҕону көтөҕөн ылбыт.
– Билигин көрүөхпүт, – диир аҕата буолуохсут Пульчи. – Чиччик да баҕайы эбит” Мин билигин кинини байҕалга тимирдиэм.
Ол эрэн уол ийэтин илиититтэн мүччү туттаран күөлэһис гыммыт уонна көрүөх бэтэрээ өттүгэр атаҕар бигэтик туран кэлбит. Онтон көхсүнэн сууллан түһэн баран мас ойуун курдук бөкчөгөр арҕаһыгар өрө көччөхтөнө түспүт. Ол кэннэ сирэйин эҥин араастаан тутта-тутта дьонун күллэрэ олорбут.
– Сах сиэтин! – диэбит кэргэнигэр Пульчи урдус. – Бу кырачаан – дьоло суох бөкчөгөр. Кини чахчы да абааһыттан төрүттээх. Ол эрэн кинилиин наһаа да сэргэх буолсу!
– Хара куоска, бука, абааһы эбит буоллаҕа, – Пульчи хотун хардара олорбут.
– Ол эрэн үрүҥ чыычааҕы биһиэхэ Айыыһыппыт ыыппыт. – Ол иһин уолбут чиччиктиҥи дьүһүннээх, абааһы курдук. Ол эрэн айыы санаалаах эбээт.
– Пульчинелла диэн ааттыахха, – аҕата Пульчи эмискэ тыл ыһыктыбыт.
Комментарии
Вход и регистрация в Папмамбук
Зарегистрироваться на Папмамбук

Введите имя и адрес вашей электронной почты, на который мы вышлем ваш личный пароль