а как же я?

Оҕолор киэһэ тоҕус чааска утуйуохтаахтар - диэтэ ийэм уонна утуйан хаалла. Аргыый санныттан илибирэтэ-илибирэтэ:
-Онтон мин?-диэтим.
Ийэм, уутугар анаарыйбыттыы эттэ:
- Хайдах эмит, маннык,- уонна истиэнэ диэки эргиллэн хаалла.
Сотору соҕус хос санныттан илибирэтэн көрдүм.
- Онтон эн?-диэбиппэр, ийэм аргыый эргилиннэ, аҥар хара5ын арыйда уонна эттэ:
- Онтон мин- маннык, - уонна эмиэ утуйан хаалла.
Ийэм диэки көрөн олордум, мунаардым, сонньуйдум онтон, хайыамый, иһит сууйа бардым.
Ийэлэр о5о утуйбутун кэннэ, күннээҕи дьиэ улэтинэн дьарыктаналлар эбээт.
Комментарии
Вход и регистрация в Папмамбук
Зарегистрироваться на Папмамбук

Введите имя и адрес вашей электронной почты, на который мы вышлем ваш личный пароль