27
Баллы
жюри
0
Баллы
читателей

Анастасия Орлова "В магазине"

Маҕаһыыҥҥа.
Биир үтүө күн эбээбин кытта маҕаһыыҥҥа бардыбыт.
Мин, улахан уонна хорсун буоламмын, инники күөҥҥэ сылдьабын.
Киирбиппит, маҕаһыыммыт элбэх да элбэх араас салаалаах: фрукта эгэлгэтэ, огурсу арааһа, бэчиэнньэ, хампыат, сымыыт, халбаһы, чэй уонна дьон, дьон, дьон.
Эргиллэн көрбүтүм– арай эбээм суох!
-Эбээ, мин манна баарбын!- бэйэм улахан хаһыыбыттан дөйө сыыстым.
Биир сиргэ туруохтаахпын, инним хоту сүүрээччи буоллум.
- Эбээ, бу баарбын! – өссө күүскэ хаһыытаатым уонна сүүрэрбин өссө тургэтэттим.
- Эбээ, мин...мин...бу...ба-а-а-р-бы-ы-ын! – диэн сарылаатым уонна, кэмниэ кэнэҕэс тохтуу түстүм.
Эбэм дьэ ситэн ылан миигин быыһаата. Кини миигин сырсыбыта ырааппыт эбит. Ол эрэн ситэн ылбатах, тоҕо диэтэргин мин улахаммын уонна атахтарым быһыйдар.
Комментарии
Вход и регистрация в Папмамбук
Зарегистрироваться на Папмамбук

Введите имя и адрес вашей электронной почты, на который мы вышлем ваш личный пароль