28
Баллы
жюри
0
Баллы
читателей

Быраат

Биир дьиэ кэргэн икки улахан уонна биир кыра уолаттардаахтара. Улахан уолаттар куруутун төрөппүттэригэр көмөлөһөллөрө – иһит сууйаллара, хортуоппуйу ыраастыыллара, таҥас өтүүктүүллэрэ, миэбэли сыҕарыталлара...
Онтон кыра уолларыгар сорук биэрэн көрдүннэр эрэ:
- Бу кириэһилэни сыҕарыт эрэ, баһаалыста!
Эбэтэр:
- Хортуоппуйу ыраастаа!
Кини онно этэрэ:
- Көрүн эрэ! Убайдардаахпын дии.
Кинини аһыы ыҥырдахтарына, бастаан убайдарын диэки көрөрө, ол кэнниттэн этэрэ:
- Арааһа көмөлөһүүм.
Кыра уолу хайа эрэ оҕо атаҕастаатаҕына, кини хаһан да утары эппиэттэспэт этэ.
- Аматын да иһин! – кини этэрэ. – Итиннэ диэн икки убайдаахпын дии.
Ба5ар, ол иһин даҕаны кинини кытта ким да хаһан да этиспэтэ буолуо.
Бириэмэ ааста, убайдара улаатан биэрдилэр. Кинилэр үөрэхтээх буоллулар, оҕолоннулар, үлэһит буоллулар.
Ол эрээри бырааттара син биир кыратынан хаалбыт. Кини, эрдэтээҕитин курдук, тимир атынан сүүрдэрэ, оҕолору кытта футбол оонньуура...
Кинини уулуссаҕа тохтотон ылан ыйыталлара: «Сөп буолуон этэ! Хаһан улаатар былааннааххын?», - кини тута эппиэттээбэт этэ.
Бастаан кини көтөн иһэр лыаҕы көрөөхтүүрэ.
Ол кэнниттэн муннутун тарбыыра.
Хаста да мээчигин тоҥсуйара.
Ол эрэ кэнниттэн үөрэн баран этэрэ:
- Аматын да иһин! Итиннэ диэн икки убайдаахпын дии.
Комментарии
Вход и регистрация в Папмамбук
Зарегистрироваться на Папмамбук

Введите имя и адрес вашей электронной почты, на который мы вышлем ваш личный пароль