28
Баллы
жюри
1
Баллы
читателей

Рождение дома

Работа ученицы ученицы 8 “в» класса МБОУ «Майинская СОШ им.В.П.Ларионова с углубленным изучением отдельных предметов» Томской Миланы.
Руководитель: Илларионова Нарыйаана Гаврильевна, учитель русского языка и литературы.

Юлия Симбирская.
Дьиэ төрөөбүт күнэ.
Арай биирдэ Экскаваторга улахан дьаамата хас диэн сорудах биэрбиттэр. Экскаватор үгүһү ыйыта барбакка тута сорудаҕы толорбут.
- Бу дьаама барсыбат. Кыра буолбут, - диэбиттэр.
- Ол туохха улахан дьаама нааданый? – Экскаватор ыйыппыт.
- Тоҕо диэтэр дьиэ олордорго уонна улаатыннарарга.
- Өйдонно, - диэбит Экскаватор уонна сөптөөх дьааманы хаспыт.
Онтон үөһээ көтөҕөр кран, таһаҕас тиэйэр массыына, бетон мэһийэр уонна кыра тэлиэскэ кэлэннэр дьиэн олордубуттар. Дьиэ кыраһыабайдык, бөҕөтүк уонна бэһиэлэйдик үүммүт. Хайдах үөрүөҥ суоҕай, сабыс – саҥа араҥас кирпииччэнэн тутуллан дьэндэйэн тахсан бараҥҥын?
Дьиэ биир сааһын туолбутугар үөһээ көтөҕөр кран кыһыл өҥнөөх кырыыһа уонна кылабачыгас уу сүүрэр турбатын бэлэхтээбит. Үөһээ көтөҕөр кран, таһаҕас тиэйэр массыына, бетон мэһийэр уонна кыра тэлиэскэ дьиҥнээх төрөөбүт күҥҥэ буоларын курдук дьиэ тула хоробуоттаабыттар уонна “Каравай” ыллаабыттар. Түүн буолбут, ыалдьыттар бука бары тарҕаспыттар.
Комментарии
Вход и регистрация в Папмамбук
Зарегистрироваться на Папмамбук

Введите имя и адрес вашей электронной почты, на который мы вышлем ваш личный пароль