ДЕВОЧКА И МЕЧТА
Игорь Черкасский
ДЕВОЧКА И МЕЧТА
(из книги «Случайные и не совсем случайные сказки»)
Плеск морской волны о борт корабля и крики чаек. Скрип снасти, пение натянутых канатов и свист ветра в парусах напоминали ей о самом близком человеке. Эта мелодия дальних странствий означала скорую встречу.
Девочка любила слушать их напев, проходя мимо пристани. Бриз развевал волосы, и солёные капли высыхали на лице блестящими кристаллами. Она собирала их пальцем и пробовала на вкус мечту о неизведанных берегах. Солёный морской привкус рассказывал о приключениях и дальних странах, а чайки в небе — о мужестве моряков, поборовших полный штиль и девятый вал, проходя мимо мыса Доброй Надежды. Это был её мыс, ведь девочку тоже звали Надеждой.
Когда она родилась, отец выбрал это имя, потому что её маму звали Верой. Папа всегда говорил, что обязательно вернётся, победив самый страшный шторм, самую жуткую бурю, ведь дома его ждали Вера и Надежда. И он каждый раз возвращался. Отцовская борода пахла табаком, руки — морской снастью, а китель — морями и океанами. Капитан обнимал жену и дочь, а мама каждый раз плакала, и Надежда никак не могла понять почему. Ведь папа был дома, корабль дошёл, всё было хорошо. Мама, накрывая на стол, попрекала отца за курение трубки. Папа доставал заморский гостинец, а Надежда устраивалась у отца на коленях. Девочка переставала бояться грома за окном и слушала рассказ об очередном приключении. От молчаливой отцовской улыбки в бороду, от того, как он глядел на жену сквозь клубы табачного дыма, становилось тепло и уютно. Но время побывки слишком быстро подходило к концу, и папа снова уходил в море.
Полный штиль, летний знойный день. Паруса не развевались, канаты перестали петь. Мама почти не разговаривала с дочкой, украдкой вытирала слёзы и от привычки вглядываться в горизонт постоянно щурилась. Солёная влага оставила ложбинки на
её лице, морщинки вокруг глаз стали глубже. Надежда подходила к ней и, обнимая, говорила:
– Мамочка, он вернётся, вот увидишь. Он всегда возвращается.
И Вера, молча погладив её по голове, шла накрывать на стол.
Шли дни, недели. Прошёл месяц, потом ещё один и ещё… Отец давно должен был вернуться, но девочка не беспокоилась. Она точно знала, что папа пройдёт через штиль, через любой девятый вал, чтобы обнять их снова. Она верила в него. Но горизонт был по-прежнему пуст. Паруса не развевались, чайки и дельфины скучали без кораблей, а мама всё больше теряла надежду.
В прошлую побывку отец привёз Надежде подарок. Заморский фрукт — гранат. Это был не обычный, купленный на базаре гранат, а волшебный. Он лежал на книжной полке рядом с любимыми книгами девочки в ожидании своего часа. Его подарил отцу тетрарх маленького островного города, помнящего Ахиллеса и Геракла. Город назывался Нафплио. Греки очень суеверны и помимо множества других примет верят в то, что этот фрукт может принести удачу или исполнить самую заветную мечту. Нужно лишь, закрыв глаза, взять гранат в руку и помечтать. Свою мечту нужно представлять обязательно молча, чтобы она не успела окаменеть в слове и не стала обыденным желанием. А как только она оформится, нужно со всей силы кинуть гранат о стену дома: так, чтобы он разбился, раскидав зёрнышки как можно дальше.
Надежда соскучилась по отцу. По его трубке. По бороде в табачном дыму и кителю, пропахшему морем. Ей было жаль дельфинов, одиноко бороздивших водную гладь, и чаек, молчаливо парящих в безоблачном небе. Но больше всех она жалела маму и очень хотела, чтобы та больше не плакала. Девочка помнила про волшебный фрукт и берегла его на самый крайний случай.
И однажды поняла, что этот час настал. В один из дней Вера перестала плакать и вглядываться в горизонт. А Надежда, испугавшись, что отца больше никто, кроме неё, не ждёт, наконец решила воспользоваться волшебным гранатом. Девочка стояла на пристани, держа гранат в руках. Она молча представляла себе свою мечту, очень боясь уронить фрукт раньше времени. А когда мечта наконец оформилась, Надежда размахнулась и…
…Гранат разбился о белоснежную стену дома, его зёрнышки разлетелись по всему причалу, а девочка, боясь обернуться, просто открыла глаза. Дельфины радостно выпрыгивали из воды, чайки перекликались в безоблачном небе, рассказывая истории дальних морей. Канаты и паруса снова играли мелодию дальних странствий. А бриз, развевая её чёрные как смоль волосы, оседал на коже капельками солёной влаги. Кристаллы можно было собрать пальцем, и, если попробовать их на вкус, они напомнили бы о далёких странах и неизведанных морях.
На пороге их дома стояла мама. Она всматривалась в горизонт и впервые за долгое время улыбалась. К Вере снова вернулась надежда, ведь на горизонте наконец показались паруса.
Игорь Черкасскай
КЫЫС УОННА ЫРА САНАА
(“Соһуччу уонна соччо соһуччута суох остуоруйалар” кинигэттэн)
Улуу байҕал модун долгуна устар аалга охсуллар, үөр хопто ыраах-чугас айманар. Быа-туһах быыстала суох кыычырҕыыра, муҥунан тардыллан турар суон ханаат ыллаан кыыкыныыра, онно эбиискэлэһэн ааһан иһэр тыал баарыска кэлэн кэтиллэн иһиирэн ылара... барыта киниэхэ чугас киһитин санатар. Бу ыраах айан уйуһутар дорҕоонноро сотору кэминэн көрсүһүү түгэнэ тосхойуоҕун билгэлииллэрэ.
Кыыс бириистэн аттынан ааһан иһэн кинилэр таһаарар матыыптарын хайаан да истэрэ. Уу туустаах салгына баттаҕын тараан ааһара уонна сирэйигэр таалалыы уоскуйан кылбачыгас кыырпахтары хаалларара. Ону тарбаҕын төбөтүнэн хомуйа сотон ылан баран, тиийэ илик ыраах саҥа кытыллар тустарынан ыра санаатын чугаһатар курдуга. Улуу байҕал туустаах илдьитэ киниэхэ ыраах дойдулары, мүччүргэннээх сырыылары, оттон халлааҥҥа халыйа көтөр араас хоптолор – Үтүө Эрэл тумуһугар хара чуумпуттан тоҕустаах улуу долгуну ааспыт хорсун моряктары кэпсиир курдуга. Ити кини тумуһа этэ, тоҕо диэтэххэ кини эмиэ Эрэл, Эрэлчээнэ диэн ааттааҕа.
Кини төрүүрүгэр аҕата ити ааты мээнэҕэ талбатах, ийэтин аата Күндү, Күндүүнэ диэн. Аҕата куруук этэрэ, кини ханныктаах да буурҕа хоонньуттан, хайдахтаах да сирилэс тыал ытарчатыттан төлө көтүөм, тоҕо диэтэххэ миигин дьиэбэр Күндүм уонна Эрэлим күүтэр диэн. Ол курдук хас сырыы аайы эргиллэн кэлэрэ. Кини бытыга табах, күүстээх илиитэ – быа-туһах, оттон киитэлэ – улуу байҕаллар сыттааҕа. Хаппытаан кэргэнин, кыыһын кууһан ылара, оттон ийэтэ сырыы аайы хараҕын уутун сатаан туттуммат этэ, ону Эрэлчээнэ ити тоҕотун өйдөөн биэрбэт этэ. Аҕата баара, устар аал уһун айантан эргиллэн кэлэн турар, барыта этэҥҥэ курдуга. Ийэм остуол тарда сылдьан аҕам табах тардар хамсатын диэки көрө-көрө сэмэлиир. Аҕата буоллар муора уҥуоргуттан аҕалбыт кэһиитин биир-биир хостоон, түһэҕэр олорор кыыһыгар туттарар. Кини ити кэмҥэ бэл этиҥ лүһүргүүрүгэр аахайбакка, саҥа мүччүргэннээх сырыы туһунан утаппыттыы истэ олороро. Аҕата хойуу бытыгын быыһынан саҥата суох мүчүк гынарыттан, улуу байҕал ыыс туманыгар ханыылыы табах буруотун ортотугар тумарыктанан көстөр кэргэнин диэки көрөрүттэн – тула сылаас уонна нус бараан буолан хаалара. Ол эрэн ити эйгэ куруук кылгас буолара, аҕалара улуу байҕалга саҥа аартыктары арыйа айанныыра.
Улахан уу сайыҥҥы нуһараҥ күҥҥэ нухарыйар. Баарыс хамсаабат, суон ханаат кыыкынаабат. Ийэтэ кыыһын кытта кэпсэппэт кэриэтэ буолбута, арай дьон көрбөт кэмигэр ууламмыт хараҕын сотторо уонна куруук ыраах саҕаҕы кэтиир буолан симиличчи көрө сылдьара. Улуу байҕал туустаах тыына кини сирэйигэр кэлэн суол хаалларбыт этэ, оттон мырчыстыыта ордук дириҥээбит курдуга. Эрэлчээнэ киниэхэ кэлэн ыга кууһан олорон:
– Ийэкээ, кини хайаан да кэлиэҕэ, көрөөр даҕаны. Кини куруук кэлэр.
Ийэтэ буоллар саҥата суох кинини төбөтүттэн имэрийэн ылан баран, остуолун тарда барара.
Күн-дьыл быыстала суох ааһара. Биир ый ааста, онтон эмиэ биир, онтон өссө биир... Аҕалара төннөн кэлиэхтээх кэмэ ааспыта быданнаабыта, ол эрэн кыыс онтон долгуйбат этэ. Кини чуо билэрэ, аҕата ханныктаах да хара чуумпуну уҥуордуоҕа, хайдахтаах да тоҕустаах улуу долгуну ортотунан ааһыаҕа уонна кинилэргэ эргиллэн кэлэн ыга кууһуталаан ылыаҕа.
Ааспыт сырыыга аҕата Эрэлчээнэҕэ бэлэх – гранат диэн бөдөҥ отону аҕалбыта. Бу көннөрү атыылаһыллыбыт отон буолбатах, аптаах гранат этэ. Кини бэйэтин кэмин кэлэрин кэтэһэ кыыс кинигэтин долбууругар көстөр сиргэ сытара. Гранаты аҕатыгар Ахиллес уонна Геракл саҕаттан турар кыра арыы-куорат баһылыга бэлэх ууммута. Нафплио диэн куорат. Гириэк омук бити-билгэни олус итэҕэйэринэн биллэр, ол иһигэр бу бөдөҥ отон дьолуоҕун таайар уонна бастыҥ баҕа санааҕын толоруон сөп диэн. Онуоха гранаты илиигэр ылан, хараххын симэн баран ыраҕын саныахтааххын. Хайаан да саҥата суох! Саҥардыҥ эрэ ыраҥ тылга кубулуйан, таастыйан, күннээҕи санаа буолан хаалыан сөп. Онтон ыраҕын толору санаатыҥ эрэ гранаты баар күүскүнэн дьиэ эркинигэр быраҕан ыытыахтааххын: ол тиийэн түһэн хайыта ыстанан, иһигэр баар сиэмэлэрин ыраах ыһыахтаах.
Эрэлчээнэ аҕатын наһаа аҕынна. Кини табах тардар хамсатын. Өссө хойдуохтаах бытыгын уонна улуу уу сыттаах киитэлин. Байҕал көнө ньуурун дельфин кыыл тулаайахсыйбыттыы кэрийэ устарын, былыта суох ыраас халлааҥҥа хоптолор саҥата суох дайалларын аһына көрөр. Ол эрэн ордук аһынара – ийэтэ, билигин биир эрэ баҕа санаа үүйэ тутар – ийэм аны ытаабатар диэн. Кыыс аптаах отонун куруук саныыра уонна тиһэх эрэл курдук көрөрө.
Кини эмискэ ол тиһэх эрэл тиийэн кэлбитин өйдөөбүтэ. Биир күн ийэтэ ытыырын тохтоппута уонна ыраах саҕах диэки биирдэ көрөн ылбатаҕа. Эрэлчээнэ онуоха аҕатын киниттэн атын ким да күүппэт буолбутун куттана санаабыта уонна аптаах гранатын туһанарга санаммыта. Кыыс бириистэҥҥэ илиитигэр аптаах отонун тутан турара. Кини гранатын илиититтэн мүччү тутуом диэбиттии ыга тутан турара, чуумпуран турар санаатыгар ыратын оҥорон көрөрө. Онтон ыратын толору көрөн баран Эрэлчээнэ даллах гынна уонна...
...Гранат туус маҥан дьиэ эркинигэр көтөн тиийэн үлтү ыстанна, кини үгүс элбэх сиэмэтэ биэрэги биир гына тарҕана көттө, оттон кыыс эргиллиэн куттанан көннөрү хараҕын эрэ аста. Дельфин кыыллар ууттан үөрбүттүү өрө ыстанан тахсаллара, хоптолор уһун айаннар мүччүргэннээх сырыыларын кэпсээн эрэр курдук ыҥырсаллара. Быа-туһах быыстала суох кыычырҕаан барбыта, муҥунан тардыллан турар суон ханаат ыллаан кыыкынаабыта, онно эбиискэлэһэн ааһан иһэр тыал баарыска кэлэн кэтиллэн иһиирэн ылбыта... Уу туустаах салгына баттаҕын тараан ааһара уонна сирэйигэр таалалыы уоскуйан кылбачыгас кыырпахтары хаалларара. Ону тарбаҕын төбөтүнэн хомуйа сотон ылан баран эмиэ тиийэ илик ыраах саҥа кытыллар тустарынан ыра санаатын чугаһаппыта.
Дьиэлэрин иннигэр ийэтэ турара. Кини ыраах саҕаҕы көрөрө уонна хаһааҥҥыта эрэ истиҥ мичээринэн уруккулуу мичээрдии турара. Күндүүнэҕэ эмиэ эрэлэ эргиллибитэ, ыраах саҕахха ахтылҕаннаах баарыс туртайан көстүбүтэ.