Вор (Конкурсное задание: Вор)

Сергей Махотин
Вор
Я простудился. Мама взяла отгул. Папа потерял годовой отчёт, и его уволили с работы. Поэтому никто никуда не спешил. Даже бабушка. Мы медленно и вяло завтракали. В общем, вору не повезло, что он выбрал именно нашу квартиру.
Тихо щёлкнул замок.
– Ловко! – похвалил папа. – Видно, с большим опытом человек.
Мама произнесла:
– Хоть бы он на антресоли залез. У нас там столько хламу скопилось!
– И мусор бы вынес, – добавила бабушка, покосившись на меня.
Через минуту вор заглянул на кухню. Он явно не ожидал увидеть там столько народу. Его одолела печаль. Он тяжело вздохнул и развел руками.
– Что же вы не взяли ничего? – покачала мама головой.
– Да как-то, знаете, не приглянулось, – признался вор.
– Ловко у вас с замком получилось, – похвалил папа. – А портфель мой не посмотрите? Я ключик потерял, не открыть.
Вор взял папин портфель и потыкал в замок булавкой. Портфель распахнулся.
– У Вадика молнию на куртке заело, – спохватилась мама.
Вор взял мою куртку и починил молнию.
Бабушка оживилась.
– Холодильник наш сильно громыхает. Соседи жалуются.
Вор пошарил рукой за холодильником, что-то там подкрутил, и тот успокоился.
– Вот вам чашка, – сказала бабушка. – Садитесь с нами чай пить. А вот пирожки с капустой. Любите?
– Люблю, – кивнул вор. – Только вы отвернитесь, когда я пирожки стану красть.
– А зачем их красть? – удивились мы. – Просто так берите.
– Просто так у меня, наверное, не получится, – засомневался вор.
Он протянул руку к тарелке с пирожками. Рука дрогнула. Мы затаили дыхание. Вор зажмурился и взял наконец пирожок.
Мы захлопали.
– Полуфилось! – радовался вор, жуя пирожок.
– Нашёлся! – ликовал папа, обнаружив в портфеле годовой отчёт.
– Не болит! – кричал я, трогая горло.
Я выздоровел. Папу вновь приняли на работу. А бывший вор продаёт у метро пи-рожки с капустой. Не такие, конечно, как печёт наша бабушка, но ничего. Есть можно. Я сам пробовал.
Число знаков: 1571

Уоруйах
Мин тымныйан хааллым. Ийэм отгуул ылла. Аҕам сыллааҕы отчуотун сүтэрэн, үлэтиттэн уһулунна. Ол иһин ким да ханна да тиэтэйбэт. Оннооҕор эбэбит. Сарсыарда бэрт наҕыллык, көҕө суох аһаатыбыт. Быһатын эттэххэ, ол күн уоруйах чопчу биһиги дьиэбитин талан табыллыбата.
Аан хатыыра кыратык халыр гынна.
- Сымса туттуу! – диэн аҕам хайҕаата. – Арааһа, түүлээх уллуҥах быһыылаах.
Ийэм эттэ:
- Ыскаап үөһэ ыттара буоллар. Төһөлөөх бөх онно мунньуллан сытара буолуой!
- Бөҕү таһаарыа этэ хата,- диэтэ эбэм мин диэки көрөн кэбиһэн баран.
Сотору буолаат уоруйах аһыыр хоспутун өҥөйдө. Бачча элбэх киһини көрүөм диэн санаабатаҕа биллэр. Улаханнык хомойдо. Тыастаахтык өрө тыынна, илиитин нэлэттэ.
- Дьэ тоҕо тугу да ылбатыҥ? – ийэм төбөтүн иҥнэҥнэттэ.
- Бэрт киһи ылара суох курдук,- диэн уоруйах билиннэ.
- Күлүүһү бэркэ астыҥ,- аҕам хайҕаата. – Хата мин бартыбыалбын көрүөҥ дуо? Күлүүһэ сүппүтэ, сатаан арыллыбат.
Уоруйах аҕам бартыбыалын сомуогун булаапканан хаста. Бартыбыал нэлэс гынна.
- Баадьык кууркатын хатыыра харбыт этэ,-диэтэ ийэм хап сабар.
Уоруйах кууркабын ылан хатыырын оҥорон кэбистэ.
Эбэм сэргэхсийэ түстэ.
- Тымнытар тэрилбит наһаа тыастаах. Ыалларбыт уҥсэргииллэр.
Уоруйах тымнытар тэрилбит кэннинэн илиитин уган тугу эрэ эрийдэ, онтубут тыаһа тохтоон хаалла.
- Мэ, бу чааскыны,- диэтэ эбэм.- Биһигинниин чэйдээ. Бу хаппыысталаах бэрэски. Сөбүлүүгүн дуо?
- Сөбүлээн,- кэҕис гынна уоруйахпыт.- Ол гынан баран бэрэски уорарбар түҥнэри хайыһаарыҥ.
- Тоҕо уоруоххунуй? – диэн биһиги соһуйдубут.- Мээнэ ылан сиэ ээ.
- Мээнэ ылар кыаллыбата буолуо ээ,- уоруйах саарбаҕалаата.
Кини бэрэскилээх тэриэлкэҕэ илиитин уунна. Илиитэ ибир гынна. Биһиги тыыммакка да олордубут. Уоруйахпыт хараҕын быһа симнэ уонна бэрэскини дьэ ылла.
Биһиги ытыспытын таһынныбыт.
-Һатанна!-диэтэ уоруйах бэрэскитин уоба олорон.
- Көһүннээ! –аҕам сыллааҕы отчуотун бартыбыалыттан булан үөрэн саҥа аллайда.
-Ыарыыта ааспыт! – диэн хаһыытаатым мин күөмэйбин тутта-тутта.
Мин үтүөрдүм. Аҕабын үлэтигэр төттөрү ыллылар. Оттон уруккута уоруйах киһибит метро таһыгар хаппыысталаах бэрэски атыылыыр. Биһиги эбэбит киэнигэр тиийбэт да буоллар, син бэрт. Сиэххэ сөп. Мин амсайбытым.
Комментарии
Вход и регистрация в Папмамбук
Зарегистрироваться на Папмамбук

Введите имя и адрес вашей электронной почты, на который мы вышлем ваш личный пароль