28
Баллы
жюри
8
Баллы
читателей

Юлия Симбирская. Трава

Дом растёт из земли, и трава растёт из земли. Возле Дома трава коротенькая, а в поле трава высокая, но всё равно она Дому только по первый этаж. Дом не примерял, ему так кажется. Иногда Ветер приносит с собой немножко земли и высыпает её на бортик балкона или на крышу. Если есть земля, значит, должна вырасти трава. И трава растёт. Прямо на Доме. Чуть-чуть на крыше, чуть-чуть на балконах. Дому нравится растить траву. Ему снится, что когда-нибудь Ветер принесёт много земли и Дом весь покроется травой. Станет зелёным и добрым чудищем. На крыше поселятся одуванчики, а на стене – вьюнки. «Вот будет у меня красивая борода!» - радуется Дом. Только это всего лишь сон. И Дом просыпается, как раз в тот момент, когда Ветер доплетает ему травяную косичку. Жалко.

Юлия Симбирская. От

Дьиэ сиргэ үүнэр, от эмиэ сиргэ үүнэр. Дьиэ таһыгар үүнэр от кылгас, онтон киэҥ хонууга үүнэр от үрдүк эрээри, Дьиэ бастакы эрэ мэндиэмэнигэр тиийэр курдук үүнэр. От үрдүгүн дьиэ хаһан да кэмнээн көрбөтөҕү эрээри, оннук сабаҕалыыр. Сороҕор Тыал хантан эрэ сир буорун аҕалан балкон эбэтэр сарай үрдүгэр тоҕор. Буор баар буоллаҕына, оччоҕо от үүнүөн сөп. Ол иһин от үүнэр. Олох дьиэ үрдүгэр. Кыралаан балкоҥҥа, кыралаан сарайга үүнэр. Дьиэ оту үүннэрэрин сөбүлүүр. Кини хаһан эрэ Тыал элбэх да элбэх буору аҕаллаҕына, Дьиэ бүтүннүү отунан саба бүрүллэ үүнэрин түһээн көрөр. Күп-күөх амарах күтүргэ кубулуйуо. Дьиэ сарайыгар алтан от, оттон дьиэ эркинигэр ииччигэн от силигилии үүнүөхтэрэ. «Дьэ бэртээхэй бытыктаах буолуом этэ», - диэн Дьиэ үөрэхтиир. Ол гынан баран бу баара суоҕа түүл эрэ. Тыал киниэхэ оттон баттах өрөн бүтэн эрдэҕинэ, Дьиэ уһуктан кэлэр. Хомойуон иһин хайыай.
Комментарии
Вход и регистрация в Папмамбук
Зарегистрироваться на Папмамбук

Введите имя и адрес вашей электронной почты, на который мы вышлем ваш личный пароль